Саха тылын күнүгэр анаан (Посвящается дню языка и письменности народа саха)
Сарсын Сахабыт Сиригэр олунньу 13 күнэ - Ийэ тыл күнэ! ✊😊 Бу күн саха бастакы учуонай-лингвииһэ, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруолу толорбут, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнэ! 👏 Бу бэлиэ күҥҥэ анаан ТҮМЭН уонна ОДУН ыччаттар түмсүүлэрэ көрүлтэ устан Сахабыт Сиригэр бэлэх уунабыт! 🎥🎥🎥 Тыл — омук күүһэ, сомоҕото буолар! 😊 Хаһан баҕарар сахалыы тылгын өрө тута сырыт! Тулалыыр эйгэҕин эн төрөөбүт тылыҥ нөҥүө ордук үчүгэйдик үөрэтэргин, билэргин умнума! 🌿 Тылы билэр буоллаххына эн силистээх, бу олоххо тирэхтээх киһи буолаҕын! ✊🏻✊🏻✊🏻 Ийэ тыл күнүгэр аналлаах көрүлтэҕэ уһуллуннулар Сахабыт Сирин биллэр-көстөр дьоно, талааннаах ыччаттар, сулустар, спортсменнар. 👫👫👫 Көрүлтэни тарҕат ✊
Название:
Саха тылын күнүгэр анаан (Посвящается дню языка и письменности народа саха)
Категория:
Разное